Холобур буолар учуутал үрдүк наҕарааданы тутта

Бүгүн  Ил Дархан Айсен Николаев  өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө бастыҥ таһаарыылаах үлэлээх, Сахабыт сирин сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрбит үтүө үлэһит дьоҥҥо үрдүк наҕараадалары туттарда. Кинилэр ортолоругар Амма улууһун Бөтүҥ орто оскуолатын  биологияҕа уонна химияҕа учуутала  Валентина Ивановна Дьячковская эмиэ баар.

Биһиги убаастыыр кэллиэгэбит Валентина Ивановна Арассыыйа  үтүөлээх учуутала  үрдүк наҕарааданы  тутан  үөрүүбүт  үксээтэ. Кини биир оскуолаҕа 1981 сылтан ыла харыс да сир халбарыйбакка  үлэлиир. Бу кэм устатыгар Валентина Ивановна өрөспүүбүлүкэҕэ  биллэр  быраастары, биология билимин кандидаттарын, технологическай  промышленность эйгэтигэр үлэлии-хамсыы  сылдьар  выпускниктары  көччөх гынан  көтүппүтэ. Элбэх оҕону олимпиадаларга, научнай — практическай конференцияларга бэлэмнээбитэ. Кини оскуолабыт агро хайысханы ыларыгар үлэлэспит биир тутаах киһибит буолар. Бу күн  үөрүүлээх ытыктыыр кэллиэгэбитигэр выпускниктарын уонна аймахтарын ааттарыттан Малгина (Дьячковская) Татьяна Ивановна  сибэкки  дьөрбөтүн  туттарда. Түгэнинэн туһанан  күндү коллегабытын ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит. Биһиги кининэн  киэн туттабыт, үтүө холобур  оҥостобут”, — диэн Бөтүҥ орто оскуолатын дириэктэрэ Акулина Иванова үөрүүлээх сонунун үллэһиннэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше